LyricFind Logo
LyricFind Logo
Profile image icon
Lyric cover art

ӨЙӨ СУОХ (Without mind)

Apple Music logo
Deezer logo
Spotify logo
Lyrics
Эйиигин көрөн, мин тапталым ханна да суох
Эйиигин көрөн, эйиигиттэн суолум соҕотох
Бэһээ эрэ эйиэхэ эппитим таптыыбын диэн
Аны бүгүн эппитим эйиэхэ, өйө суох

Эйиигин көрөн, мин тапталым ханна да суох
Эйиигин көрөн, эйиигиттэн суолум соҕотох
Бэһээ эрэ эйиэхэ эппитим таптыыбын диэн
Аны бүгүн эппитим эйиэхэ, өйө суох

Бырастыы гын ити акаарыны, ити абааһыны
Түүннэри-күнүстэри туора барбытым
Эйиигин мин таптыыбын диэн буолбатах эбит
Мээнэ саҥарбакка, бардым эбиппин

Күнү быһа ытыы сылдьан, итэҕэйбэккэ
Ханна баарбыный сүрэҕин бэрт истибэт
Мантан сылтан таһырдьа күн көстүбэт
Эйиигин көрбөххө ып-ыраах барбыппын

Үйэлээх тапталга бэриниэҕим
Баҕарбыт сулускун бэлэхтиэҕим
Арай буолууй аттыбар мэлдьитин ?
Бу бүгүн түүн дьиктини түүһээтим

Ол онно эн биһи иккиэн эрэ
Ол онно күн тахсар сирэ баара
Ол онно ардахтар суохтар этэ
Барыахпыт сарсын дьолбутун була

Эн аныан этэ миэхэ олоххун ?
Охтор кэммэр өйөөн туруорууй
Сүтэр күммэр эккирэтиэххин ?
Антах миигин кытары барсыый

Эйиигин көрөн, мин тапталым ханна да суох
Эйиигин көрөн, эйиигиттэн суолум соҕотох
Бэһээ эрэ эйиэхэ эппитим таптыыбын диэн
Аны бүгүн эппитим эйиэхэ, өйө суох

Эйиигин көрөн, мин тапталым ханна да суох
Эйиигин көрөн, эйиигиттэн суолум соҕотох
Бэһээ эрэ эйиэхэ эппитим таптыыбын диэн
Аны бүгүн эппитим эйиэхэ, өйө суох

WRITERS

Latis Reshetnikov

PUBLISHERS

Lyrics © K.I.L.L.A.H RECORDS, Broma 16

Share icon and text

Share


See A Problem With Something?

Lyrics

Other