Эн хоскор соҕотох, харах уулаах
Саатар сурук сыыһа хаалларбакка..
Көппөт чыычаах курдук мин,
Хайтарбыппын албыҥҥар ылларан..
Утары көрсөҥҥүн, кэмсиммиккин этиэҥ
Көрдөө миигин үрүҥ түүҥҥэ
Түүҥҥү куорат уоттарыгар,
Эн билэҕин хантан булан ыларгын.
Көрдөө миигин үрүҥ түүҥҥэ, бүгүн
Түүҥҥү куорат уоттарыгар, бу түүн,
Эн билэҕин хантан булан ыларгын.
Өрүү сарсыҥҥыннан харахпын баайаҕын
Кырдьык ханан баарын билбэт буоллум..
Көппөт чыычаах курдук мин
Хаайтарбыппын албыҥҥар ылларан,
Утары көрсөҥҥүн, кэмсиммиккин этиэҥ
Көрдөө миигин үрүҥ түүҥҥэ
Түүҥҥү куорат уоттарыгар,
Эн билэҕин хантан булан ыларгын.
Көрдөө миигин үрүҥ түүҥҥэ, бүгүн
Түүҥҥү куорат уоттарыгар, бу түүн,
Эн билэҕин хантан булан ыларгын.
Көрдөө миигин үрүҥ түүҥҥэ
Түүҥҥү куорат уоттарыгар,
Эн билэҕин хантан булан ыларгын.
Көрдөө миигин үрүҥ түүҥҥэ, бүгүн
Түүҥҥү куорат уоттарыгар, бу түүн,
Эн билэҕин хантан булан ыларгын.