LyricFind Logo
LyricFind Logo
Profile image icon
Lyric cover art

Degit Saqa

Apple Music logo
Deezer logo
Spotify logo
Lyrics
Эллэй эһээбит саҕаттан
Кэлбит эбит салҕанан
Өбүгэ хаалларбыт үгэһэ
Саха дэгит күрэһэ
Саха сирин муннуктарыттан
Уоланнар манна түмсэллэр
Дыгын күрэс туонатыгар
Кыайыы иһин киирсэллэр
Кыай-хот бэйэҕэр эрэн
Харгыс мэһэйтэн сэрэн
Кыах-уох төһө баарынан
Харса суох киирис кынаттан
Кыай-хот бэйэҕэр эрэн
Харгыс мэһэйтэн сэрэн
Кыах-уох төһө баарынан
Харса суох киирис кынаттан
Өрөгөй, кыайыы үрдэллээх
Күүстээх өбүгэ ситимнээх
Саха дэгиттэр уолана
Дойдун былааҕын көтөх
Сыал-сорук туруорунан
Ону ситиhэргэ дьулус
Тулус, үрдүктэн үрдүккэ
Дабай, дьулус, тулуй
Аар айылҕа айбыт уолаҕын
Аламай күн оҕотоҕун
Ураанхай саха уола5ын
Олонхо дойду ситимэҕин
Кыай-хот бэйэҕэр эрэн
Харгыс мэһэйтэн сэрэн
Кыах-уох төһө баарынан
Харса суох киирис кынаттан
Кыай-хот бэйэҕэр эрэн
Харгыс мэһэйтэн сэрэн
Кыах-уох төһө баарынан
Харса суох киирис кынаттан
Кыай-хот бэйэҕэр эрэн
Кыах-уох төһө баарынан

WRITERS

Иннокентьев Самсон Самсонович, Третьяков Альберт Николаевич

PUBLISHERS

Lyrics © Iricom US Ltd

Share icon and text

Share


See A Problem With Something?

Lyrics

Other