LyricFind Logo
LyricFind Logo
Profile image icon
Lyric cover art

Сулус буолан

Apple Music logo
Deezer logo
Spotify logo
Lyrics
Сулус буолан сандаарыйыам
Көмүс ыйдыын туналыйыам
Ыраах, ыраах, ыраас, ыраас
Халлаан устун дайыам
Сулус буолан сандаарыйыам
Көмүс ыйдыын туналыйыам
Ыраах, ыраах, ыраас, ыраас
Халлаан устун дайыам
Арай чычаах буолан көттүм ыраас халлаан устун
Тыаллыын салгын буолан сүттүм көтө дайдым
Арай сулус буолан тыктым кыраай куйаар дуолугар
Көмүс ыйдыын туналыйдым
Сулус буолан сандаарыйдым
Көмүс ыйдыын туналыйдым
Ыраах, ыраах, ыраас халлаан устун көтө дайдым
Уста турдум дойдубар, эйигин буллум
Тапталбын эйиэхэ сипсийдим
Сулус буолан сандаарыйыам
Көмүс ыйдыын туналыйыам
Ыраах, ыраах, ыраас, ыраас
Халлаан устун дайыам
Сулус буолан сандаарыйыам
Көмүс ыйдыын туналыйыам
Ыраах, ыраах, ыраас, ыраас
Халлаан устун дайыам
Сулус буолан сандаарыйыам
Көмүс ыйдыын туналыйыам
Сулус буолан сандаарыйыам
Халлаан устун дайыам
Арай чычаах буолан көттүм ыраас халлаан устун
Тыаллыын салгын буолан сүттүм көтө дайдым
Арай сулус буолан тыктым кыраай куйаар дуолугар
Көмүс ыйдыын туналыйдым
Сулус буолан сандаарыйдым
Көмүс ыйдыын туналыйдым
Ыраах, ыраах, ыраас халлаан устун көтө дайдым
Уста турдум дойдубар, эйигин буллум
Тапталбын эйиэхэ сипсийдим
Сулус буолан сандаарыйыам
Көмүс ыйдыын туналыйыам
Ыраах, ыраах, ыраас, ыраас
Халлаан устун дайыам
Сулус буолан сандаарыйыам
Көмүс ыйдыын туналыйыам
Ыраах, ыраах, ыраас, ыраас
Халлаан устун дайыам
Сулус буолан сандаарыйыам
Көмүс ыйдыын туналыйыам
Сулус буолан сандаарыйыам
Халлаан устун көтө дайыам

WRITERS

Семён Ченянов, Катя Черкашина, Аскалон Семёнов

PUBLISHERS

Lyrics © Iricom US Ltd

Share icon and text

Share


See A Problem With Something?

Lyrics

Other