LyricFind Logo
LyricFind Logo
Profile image icon
Lyric cover art

Сылаас тыал

Apple Music logo
Deezer logo
Spotify logo
Lyrics
Сылаас тыал иэдэспин бигиирин
Эн тыынын кэлэр дии саныыбын
Өрүллэр сүүрүктэр тыастарын
Эн көмүс куоласкар холуубун
Хараңа кэрэ да киэһэлэр
Халлааңңа сулустар хойдоллор
Эйигин кинилэр, кинилэр
Этэргэ кэпсииргэ дылылар
Кынаттаах буолларбын бүгүн
Мин эн суолгун сонордуу көтүөхпүм, көтүөхпүм
Им сүтэр, күн киирэр түгэнин
Чыпчаалга олорон көрсүөхпүм
Халлааңңа сурулуу көтөммүн
Эн ааккын киэргэтэн суруйуом, суруйуом
Харахха көстүбэт үрдүктэн
Эн кэрэ мичээргин хоһуйуом
Өскөтүн мэник тыал буолларбын
Эн ааспыт аартыккын таарыйыам, таарыйыам
Салама ыйаабыт хатыңңын көрөммүн
Сүрэхтиин манньыйыам
Сылаас тыал иэдэспин бигиирин
Эн тыынын кэлэр дии саныыбын
Өрүллэр сүүрүктэр тыастарын
Эн көмүс куоласкар холуубун
Хараңа кэрэ да киэһэлэр
Халлааңңа сулустар хойдоллор
Эйигин кинилэр, кинилэр
Этэргэ кэпсииргэ дылылар
Өскөтүн мин ардах буолларбын
Эн эрэ ыырдаргар таммалыам, таммалыам
Эн ааспыт суолларгын батыһа
Эн көмүс мөссүөңңэр төңкөйүөм
Ол түһэр тамахтыын ытаһан
Туолбахтах ырабар сууланыам, сууланыам
Эн киирбит сахалыы алаһа
Ааныгар иңнэммин санньыйыам
Сылаас тыал иэдэспин бигиирин
Эн тыынын кэлэр дии саныыбын
Өрүллэр сүүрүктэр тыастарын
Эн көмүс куоласкар холуубун
Хараңа кэрэ да киэһэлэр
Халлааңңа сулустар хойдоллор
Эйигин кинилэр, кинилэр
Этэргэ кэпсииргэ дылылар
Хараңа кэрэ да киэһэлэр
Халлааңңа сулустар хойдоллор
Эйигин кинилэр, кинилэр
Этэргэ кэпсииргэ дылылар
Хараңа кэрэ да киэһэлэр
Халлааңңа сулустар хойдоллор
Эйигин кинилэр, кинилэр
Этэргэ кэпсииргэ дылылар

WRITERS

Семён Ченянов, Галина Сосина, Пётр Тобуроков

PUBLISHERS

Lyrics © Iricom US Ltd

Share icon and text

Share


See A Problem With Something?

Lyrics

Other