Сулус буолан тыгар сырдыгым
Күһүн, кыһын, хаһан да буоллун
Эн миигиттэн ырааххын сэгэриэм
Эн сылааскар мин иттибэппин
Тымныыттан тоңобун куруутун
Ахтылханым ыга кууһар сүрэхпин
Тоң муустуу хаарыйар дууһабын
Хаһан саас, сайын кэлэрин күүтэбин
Эн сылаас салгыңңын ахтабын
Сулус буолан тыгар сырдыгым
Эйигин көрсөммүн дууһам көтүөхэ
Эйигин көрсөммүн дууһам ыллыа5а
Бу дьикти түгэни олох куоттарыма
Кэрэ мичээргинэ миигин эн аймаама
Тоңо ис санааларгын арыйбаккын миэхэхэ
Чуолаан истиий сэгэр таптыыр киһин сүрэхин
Куруутун аттыгар баар буолуом, баар буолуом
Куруутун аттыгар баар буолуом, баар буолуом
Сулус буолан тыгар сырдыгым
Сулус буолан тыгар сырдыгым